top of page

ТӨГҮРҮК АЛААСКЫН ЭН ТАПТАА

    

Моисей Ефимов тыллара

Төгүрүк алааскын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Үрүҥ Уолан оҕо сааһа ааспыта,
Туйаарыма Куо таптала хаампыта.

Тиэргэниҥ сэргэтин эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Манчаары Баһылай маҥан ата
Дарбааннаах айаҥҥа турбута.

Төрөөбүт балаҕаҥҥын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Олоххо дьулууру уруйдаан,
Олоҥхо төрөөбүтэ аан бастаан.

Хомустааҕым сааскыта

       М.Артемьев тыла

Самаан сааһым бэлиэтэ

Сандал сааһым эргийдэ,

Хомустааҕым сааскыта

Сибэккинэн симэннэ.

        Хос ырыата:

Кэрэкитиэн эбитиэн

Хомустаа5ым сааскыта,

Оһуордара олуһун

Күндүкэтин эбитин.

Ойуур тыата чэлгийэн

Оһуор-симэх киэргэннэ,

Күөрэгэйэ ыллаата,

Көмүс сүүрээн уһунна.

        Хос ырыата:

Кэҕэ кыыла чоргуйан

Ньургуһуна тылынна,

Халдьаайытын ньууругар

Оҕо-аймах уһунна.

          МИЧЭЭРДЭР

         Иван Брызгалов тыллара
Мичээринэн баай сүрэх
Бэс ыйыныы сып-сылаас,
Кэрэ мичээр чап-чараас
Көтөр кынат быһыылаах.
           Хос ырыата:
Оо, мичээрдэр, ардыгар
Миигин тутан ылаҕыт,
Күн сиригэр букатын
Кэлбиппит дуу дэһэҕит.
Нарын чороон оһуорун
Сэмэй мичээр киэркэтэр
Оһуохайы чуордук туойан
Оҕо дьону олус үөрдэр.
            Хос ырыата.
Сарсыардааҥы сииги кэһэн
Мичээр киирэр титииккэ
Киэһэ кулууп дьиэтигэр
Хомус тардар мичээрэ.
            Хос ырыата.

                  Мин Намым     
                Дьөгүөр Түбэ. тыла

Нап-наҕыл, Нам сирэ, мин Намым
Нап-нарын, нап-наҕыл ааккынан
Долгуйбут сүрэҕи уоскута,
дуоһуйа-сынньата күүтэҕин.
            Хос ырыата

Чаҕылхай Максиммыт аатынан,
эҥсиэли эриэккэс аатынан,
нам намыын намылхай ааккынан
Үйэ-саас тухары ылланыый!
Нап-наҕыл, Нам сирэ, мин Намым,
Өлүөнэ Эбэлиин алтыһан,
Өрүүтүн күүстээхтэн күүстээххин,
күргүөмнээх үлэҕэ күүрдэҕин.

             
Хос ырыата
Нап-нарын, Нам сирэ, мин Намым,
Дьолломмут соргулаах биһигим,
Дьоһуннаах ыллыгы ыйаргар,
Дьон-сэргэ туһугар диэбитин.
             Хос ырыата

     Хомустааҕы таптааҥ!     
  Р. Тарскай, Г. Слепцов тыллара

Илин мыраан үрдэ
Күнүн уотун ыста,
Туман үөһэ көттө
күөрэгэйбит дайда.
       Хос ырыата
Хомустааҕы таптааҥ!
Ырыа гынан ыллааҥ!
Хомус тылыгар тардан
Үйэлэргэ туойуҥ!
Манна бааллар бастыҥ
Маяк буолбут дьоннор,
Олох дьолун булан
Олохсуйбут ыаллар.
         Хос ырыата.
Манна өрүс киэҥэ, 
Манна балык баайа,
Манна үүттээх ынах,
Манна сыспай сиэллээх.
         Хос ырата.
Көхтөөх үлэ күүһүн
Эдэр ыччат туойда,
Ыччат айар, ыллыыр
Совхоһунан буолла.

 

 Дьиэрэҥкэй
Петр Дмитриев тыла

Тэҥҥэ үктээ
Дьиэрэҥкэй!

Дэгэйбэхтээ
Дьиэрэҥкэй!
Үҥкүүлүүргэ
Дьиэрэҥкэй!
Кэрэкэтиэн
Дьиэрэҥкэй.!
Мээчик тэҥэ
Сиртэн тэйэ
Күүскэ күөрэй
Дьиэрэҥкэй.
Атах битий,
Иэдэс итий
Тоҕо бэрдэй
Дьиэрэҥкэй.
Үөһэ ойор
Дьиэрэҥкэй
Өрө көтөр
Дьиэрэҥкэй.
Оһуохайдыыр
Дьиэрэҥкэй
Эһиэхэйдиир
Дьиэрэҥкэй.

    Аас маҥан баттахтаах эмээхсин

                М.Тимофеев тыла

Бу манна Бүтэйдээх төгүрүк алааска

Олоорто эбэбит эмээхсин.

Өр да өр күүлэттэн күүппүтэ муҥ саатар

Биир уола эргиллэн кэлиэҕин…

Хос ырыата

Бу манна олоорто, бу үрдүк тумулга

Аас маҥан баттахтаах эмээхсин.

Күүппүтэ оҕотун уот отто, уу баһа

Кууһара күн уоттаах сэргэтин.

 

Биэс уол ат бөҕө, кус быһый эрэттэр

Баартара бу мантан сэриигэ

«Эн уолуҥ хорсуннук өллө!»-диэн кэлбитэ

Биэс төгүл биллэрии суруга…

Хос ырыата

Чаанньыгын өрөрө, суол төрдүн кэтиирэ

Эрэлин сүтэрбит эмээхсин

Уолаттар оттообут, мастаабыт сирдэрэ

Саас аайы тиллэрэ кэрэтик…

        Сахам сирэ

     П.Тобуруокап тыла

 

Сахам сирэ-сырдык алаас

Таалар налыы сыһыылара.

Сахам сирэ-дьапталҕа таас

Дьааҥы туруук хайалара.

Сахам сирэ-Куба оонньуур

Көмүс долгун көлуччэтэ.

Сахам сирэ-Күн сөтүөлүүр

Лена эбэм нэлэмэнэ.

Сахам сирэ:хаар кыымнарын

Тыыннаах тырым чаҕыллара.

Сахам сирэ-алмаас тааһым

Уот кустуктаах кырыылара.

Сахам сирэ-сирдээх халлаан

Ыпсар ыраас туундарата.

Сахам сирэ-буурҕа, туман

Будулуйар муус муората.

Сахам сирэ-саҥа куорат

Сандаарыйар аар тайҕата.

Сахам сирэ-дьоллоохолох

Айар-тутар киэн туоната.

Сахам сирэ-алмаас, түүлээх

Аралыйар кустуктара.

Сахам сирэ-ырыа-тойук

Ыһыах ыһар киэҥ түөлбэтэ.

      Сахам сирэ

Н. Босиков тыла

 Тыа, хону тулабар

Нэлэһийэр,

Ойуу симэх сибэкки

Дбэрэлийэр,

Бу мин таптыыр,

Аатын ааттыыр,

Сахам сирэ

Олоҥхоҕо дьиҥнээх дьүөрэ.

 Күөх хону күөгэйэ

Талбаарыйар,

Ырыа- тойук ыҥыран

Иэйэр-туойар,

Бу мин таптыыр,

Аатын ааттыыр

Сахам сирэ

Ырыа курдук нарын –кэрэ.

 Уу кэҥиир, эҥсиллэр

Өрүс буолар,

Долгун дьирбии кумахха

Сааллан таалар.

Бу мин таптыыр,

Аатын ааттыыр,

Сахам сирэ

Күннээх ленам көстүүлэрэ.

 Эҥсиэли, тТуймаада,

Эркээни,

Алмааһа, түүлээҕэ,

Көмүһэ,

Бу мин таптыыр,

Аатын ааттыыр,

Сахам сирэ

Сахам сирэ барахсан!

      Ойуунускай алааһа

     Ст. Дадаскинов тыла.

 

Ойуунускай убайбыт

Оҕо сааһын атаарбыт

Алааһыга кэрэтиэн!

Ача күөҕэ сиппитиэн!

       Хос ырыата

Кини манна баар курдук,

Ыллааҥ-туойуҥ диир курдук,

Оннук, ыраас сайаҕас

Ойуунускай алааһа!

Оҕолордуун оонньообут,

Отон-дьэдьэн хомуйбут,

Остуоруйа истибит,

Олоҥхону сэҥээрбит…

      Хос ырыата

Кини манна хаампыта

Күнү көрөн турбута,

Дьоллоох олох туһугар

Охсор дүҥүр буолбута…

      Хос ырыата

Мин алааспар кэллим

Н. Босиков тыла.

 

Мин алааспар кэллим- алааспар.

Маҥнайгы көтөрү кытары,

Көҕөнү, күөрэгэйи кытары,

Мин алааспар-кэллим

Алааспар.

Сахам сааскы алааһар.

 

Мин алааспар кэллим-

Алааспар.

Ньирэйим мэҥириирин истээри,

Кулунчук кистиирин истээри

Мин алааспаркэллим-

Алааспар.

Сахам сааскы алааһар.

 

Мин алааспар кэллим-

Алааспар.

Күөх маайым ырыатын ыллаары,

Кыһыл маай оһуохайын этээри,

Мин алааспар кэллим-

Алааспар,.

Сахам сааскы алааһар.

 

Саадьаҕай оҕуспун

Сайгыччы миинэммин,

Алгыстаах ырыабын

Эһиэхэ аныыбын!

   Аас маҥан баттахтаах эмээхсин

            М.Тимофеев тыла

Бу манна Бүтэйдээх төгүрүк алааска

Олоорто эбэбит эмээхсин.

Өр да өр күүлэттэн күүппүтэ муҥ саатар

Биир уола эргиллэн кэлиэҕин…

Хос ырыата

Бу манна олоорто, бу үрдүк тумулга

Аас маҥан баттахтаах эмээхсин.

Күүппүтэ оҕотун уот отто, уу баһа

Кууһара күн уоттаах сэргэтин.

 

Биэс уол ат бөҕө, кус быһый эрэттэр

Баартара бу мантан сэриигэ

«Эн уолуҥ хорсуннук өллө!»-диэн кэлбитэ

Биэс төгүл биллэрии суруга…

Хос ырыата

Чаанньыгын өрөрө, суол төрдүн кэтиирэ

Эрэлин сүтэрбит эмээхсин

Уолаттар оттообут, мастаабыт сирдэрэ

Саас аайы тиллэрэ кэрэтик…

Туруйалар ааһаллар

      М.Тимофеев тыла.

 

Туохтан эрэ үргүбүттүү,

Төннүбэттии, эргийбэттии

Туруйалар ааһаллар, туруйалар ааһаллар

Тус хотуттан тумарыктан

Тымныы тыалтан, тобурахтан…

 

Тус соҕуруу туһулааннар,

Тоҥ салгыны хайытаннар

Туруйаллар ааһаллар, ааһаллар

Туохтан эрэ кэлэйбиттии,

Төннүбэттии, эргийбэттии…

 

Күн- дьыл ыган тиэтэйбиттии,

Төннүбэттии, эргийбэттии

Туруйалар ааһаллар, туруйалар ааһаллар

Туохтан эрэ кэлэйбиттии,

Төннүбэттии, эргийбэттии…

…Туруйалар ааһаллар…

        Сир симэнэр кэмэ

               Толомон тыла

Күн мичийэр мичээринэн

Мин хоту сирбэр саас кэлэр,

Сир сибэкки чэмэлгэннээх

Айхалынан кини көрсөр.

          Хос ырыата

Тус хоту, тус хоту тиэтэйэллэр

Көмүөллэрдээх үрэхтэр,

Тус хоту, тус хоту айанныыллар

Айан хаастара, кыталыктар.

Көмүс чугдаар чуораан буолан

Ыллаһаллар ньургуһуннар,

Сир симэнэр кэмэр

Кһҥҥэ көтөр күөрэгэйдэр.

           Хос ырыата

Утуйбаттар үрүҥ түүннэр

Сир симэнэр кэрэ кэмэр,

Уһуктубут үөрүүлэртэн

Оһуохайдаан тэйдилэр.

           Хос ырыата.

Сандаарар сааскыны аҕалыам

             И.Артамонов тыла

 

Мин күнү таптыырым кэриэтэ

Доҕоруом, эйиэхэ ыллардым,

Сүрэхтэн истиҥник кэпсэтэ

Эн ааккын аргыыйдык ыҥырдым.

             Хос ырыата

Санааргыыр, санньыйар кэмнэрэгр

Эйиигин кытары баар буолуом

Сүрэҕин кыракый дьиэтигэр

Сандаарар сааскыны аҕалыам.

 

Илиҥҥи саһарҕам ырыатын

Эйиэхэ анааммын ыллыыбын,

Сардаана сибэкки дьөрбөтүн

Эйиэхэ эрэ мин бэлиэхтиэм.

            Хос ырыата

Санааргыыр, санньыйар кэмнэрэгр

Эйиигин кытары баар буолуом

Сүрэҕин кыракый дьиэтигэр

Сандаарар сааскыны аҕалыам.

          Талах атынан

        К. Туйаарыскай тыла

 

Тэлгэһэ дьиэбиттэн

Мин талах атынан

Ый диэки, ый диэки мин барыам

Тик-тики-тик,

Тики-тики-тик,

Тик-тики-тик,

Тики-тики-тик,

Тиэтэйэн, тиэтэйэн мин барыам!

 

Кэл, эбээ, эн эмиэ

Мин талах аппынан

Ый диэки, ый диэки эн барыс

Тик-тики-тик,

Тики-тики-тик,

Тик-тики-тик,

Тики-тики-тик,

Тиэтэйэн, тиэтэйэн барыахха!

                Күөрэгэй

         К.Туйаарыскай тыла

 

Һэн-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Саас аайы,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Алааспар,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Үөһэттэн,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Дьиэрэйэр.

             Хос ырыата

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Көт күөрэй!

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Күөрэгэй!

 

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Сарсыарда,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Дьиэрэйэр,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Дууһабар,

Һэнь-ньэкэ, ньэкэ, ньэкэ ньээ

Кутуллар.

              Хос ырыата

             Үрүмэччи

           И. Гоголев тыла.

 

Сырдык сааһым кэллэҕинэ,

Күн ылаара көрдөҕүнэ,

Үрүмэччи үөрээччи,

Үҥкүүлээчччи, көтөөччү.

       Хос ырыата

Үрүмэччи тэлээр, тэлээр,

Үрүмэччи кэлээр, кэлээр,

Оҕо сааһым ооньуута,

Оҕо сааһым үөрүүтэ.

Сарсыарда үөрэ-көтө

Сибэккини тула-көтө

Үрүмэччи үөрээччи

Үҥкүүлээччи үөрээччи

Үҥкүүлээччи үөрээччи.

        Хос ырыата

Үрүмэччи тэлээр, тэлээр,

Үрүмэччи кэлээр, кэлээр,

Оҕо сааһым ооньуута,

Оҕо сааһым үөрүүтэ.

Току-току ньээм-ньээм

        К.Туйаарыскай тыла

 

Сайыҥҥыны таптаан

Сайылыгы хайҕааҥ,

Араҕастай төбөлөөх

Алтан окко ыллааҥ!

      Хос ырыата

Току-току ньээм-ньээм

Токуй, токуй ньээм-ньээм,

Току-току ньээм-ньээм,

Токуй, токуй ньээм-ньээм,ньээм!

 

Сибэккилии сылдьан

Сирэм күөххэ сытан,

Чуоҕуруһан олорон

Чугдаарыта туойуҥ!

      Хос ырыата

Сайыҥҥыны таптаан

Сайылыгы хайҕааҥ,

Араҕастай төбөлөөх

Алтан окко ыллааҥ!

        Хос ырыата

        Саас иһэр

    С.Данилов тыла

Тики-таки чок-чок!

Сааскы таммах таммалыыр,

Тики-такы чол-чол!

Таммах ырыа ыллыыр,

Тики-такы чок-чок!

Сылбай ууну хаар иһэр

Тики-такы чол-чол!

Сардаҥалаах саас иһэр.

 

Тики-тикы чок-чок!

Чобуо чооруос таммахтар,

Тики-такы чол-чол!

Чообурҕастай ыллааҥ,

Тики-такы чок-чок!

Кэлбит сааһы уруйдааҥ,

Тики-такы чол-чол!

Сааскы таммах ыллыыр.

     Муомаҕа саас кэллэ.

           Толомон тыла

 Бу намыын сиккиэргэ бигэтэн

Хоптолор кылбаҥныы дайдылар,

Көмүстээх ырыатын дайытан,

Хотугу дойдуну туойдулар.

           Хос ырыата

Саас кэллэ, саас кэллэ Муомаҕа

Индигир уһунна муораҕа.

 

«Ю» хайа үрдүнэн кылбаҥнаан

Кубалар субуһан ааһаллар,

Көмүстээх ырыатын дайытан

Күөрэгэй көрүлүүр хонуубар.

          Хос ырыата

Дьэ, чэйиҥ, уолаттар, кыргыттар

Кырдалга сиэттиһэн тахсыаҕыҥ,

Күн киирбэт халлааммыт анныгар

Хотугу олоҕу туойуоҕуҥ.

          Хос ырыата

            Долгун

         Толомон тыла

 Күнтэн үөрэр, күннүүн күлсэр

Күлүм-чаҕыл килбиэн долгун,

Күөстүү үллэн өрө тэбэр

Кымыс курдук кыынньар долгун,

Ирим-дьирим мичик аллар

Тырым уоттаах сырдык долгун.

 

Ойуу-бичик оүуор анньар

Арыл кустук оонньуур долгун,

Түөһү күөртүүр, түллэн тэбэр

Сүрэх курдук тыыннаах долгун,

Үҥкүү-битии, дьиэрэҥ тэбэр

Үллэн күүрэр үрдүк долгун.

                              

Ыра сана буолан эҥсэр

Ырыа кырдук ыллам долгун,

Күөстүү үллэн өрө тэбэр

Кымыс курдук кыынньар долгун,

Ирим-дьирим мичик аллар

Тырым уоттаах сырдык долгун

    Кэргэммэр бэлэх

     В. Майскай тыла

Төрөбүт күҥҥэр,

Үөрүүлээх кэмҥэр,

Эркиним курдук эрэнэн,

Бтһтлэх

Биэрдим бэлэх,

Уолан сааспын санаттын диэн.

Хос ырыата

Сүтэрбэккэ

Өлбөөрпөккө

Күннүү күлүмнэт тарбаххар.

Санньыар чааскар,

Кырдьар сааскар,

Саататтын дуу мин суохпар…

 

Уһун сылга

Уһулбакка,

Түүнүн да кэтэн утуй,

Биһилэхпин

Мин бэлэхпин,

Мэлдьи харыстаан тутууй.

Хос ырыата

Олохтон да

 Оһолтон да

Охтор күннээх буоллахпына,

Эрдэттэн сэрэтэн

Этэн кээһиимманнык тыла.

Хос ырыата

Бэлэхтээр

Тиһэх күҥҥэр,

…Кыра  кыыспар, сибэккибэр

Кини тиэртин,

Сиэммэр кэлин,

Мин өлбөт үйэм буоллан!

         Өлүөнэ долгуннара

            Н.Рыкунов тыла

Долгуннар дайдылар киэҥ үөскэ…

Сүрэҕим мөҕүөлүүр мин түөспэр…

Өлүөнэ, оо, көҥүл долгунуҥ,

Ырыанан кэпсэтэр уолгунуун.

Кэпсэтэр уолгунуун.

Кэпсэтэр уолгунуун.

 

Долгуннар мэҥэстэ уҥуортан,

Дьиэрэйэр отчут дьон ырыата.

Долгуннар иһиллэр кынаттаах,

Эдэр саас дьулуура, баҕата.

Дьулуура баҕата.

Дьулуура баҕата.

 

Эргиллэн уугуттан испэтэх,

Эр хоһуун дьонноргун кэриэстээн,

Түөспүттэн түллэҥниир долгунуҥ,

Төлөннөөх тойугу туойуо дуо?

Тойугу туойуо дуо?

Тойугу туойуо дуо?

       Ийэм барахсан

           Г.Слепцов тыла

Ийээ,

Ийэм,

Ийэм барахсан…

Тоҕо түүлбэр эмиэ көһүннүҥ.

Куба буолан хоҥкунаан

Үрдүбүнэн эргийдиҥ?

         Хос ырыата

Ийэм,

Ийэм барахсан…

Тоҕо түүлбэр куруук көстөҕүҥ?

 Ийээ,

Ийэм,

Ийэм эрэйдээх,

Тоҕо куруук миигин ахтаҕыҥ?

 

Харалдьыкпыт тахсыыта,

Ньургуһунум быгыыта,

Томтор буорун ириитэ,

Ахтан, санаан ааһабын.

       Хос ырыата

 

Куба буолан хоҥкунаан,

Туруйа буолан туруктаан,

Кыталык буолан кыҥкыырдаан

Эйиэхэҕэ эргиллиэм.

      Хос ырыата

       Табаһыт ырыата

            О.Аксенова тыла

Уордаах кыһын халлааныгар

Табам тына сырылаата

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

Табаларым туйахтара

Тыһыр- тыһыр тыһыргыыллар

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

 

Хоболорум хоҥкунууллар

Хоту тыаллар холбоһоллор

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

Үөрүү-көтүү үргэҥнээтэ,

Уорум үргэн чэрэҥнээтэ

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

 

Хоту дойдум үрдүнэн

Дьүкээбилим үҥкүүлүүр

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

Хоболорго холбоһон

Хоту ырыам эн дьиэрэй

Һээй, һэй-һэй, һэй-һэй!

Һээй, һэ-һэ, һэ-һэ, һээй!

          Олох туһунан ырыа

           К. Уурастыырап тыла

 

Этэллэр: сир көтөр Күн тула эргийэ,

Этэллэр: Күн көтөр Куйаары эргийэ,

Оччоҕо мин эмиэ Күн тула көтөбүн

Сулустан сулуска, куйаарга көтөбүн!

 

Төрүөм да иннинэ мин көтөн испиппин,

Өлөн да бараммын мин көтөр эбиппин.

Ол көтөр олоҕум кэрэтин билбэтим

Олус да кыһыытын-абатын-эбитин!

 

Чахчы диэн билэбин арай биир көтүүнү

Чаҕыллар оҕо саас күөҕүттэн көтүүнү.

Сыл-хонук тыаһа суох элэҥнээн ааһарын

Сылаас да, тымныы да сүрэхпин ааларыҥ!

    Сиргэ эйэ күннээтин

     К.Уураастыырап тыла

Сиргэ эйэ күннээтин,

Үөрүү-көтүү үксээтин,

Күммүт күлэ күөрэйдин,

Күндү күөхпүт күөгэйдин.

          Хос ырыата

Ыраас халлаан кылбаардын!

Ийэ дьолун ыллаатын!

Эйэ,Эйэ

Сиргэ Эйэ күннээтин!

 

Отчут отун оттоотун,

Масчыт маһын мастаатын,

Эмчит дьону эмтээтин,

Булчут булдун бултаатын.

Хос ырыата

Асчыт аһын астаатын,

Суотчут суотунсуоттаатын,

Бостуук ынах һайдаатын,

Оҕо аймах айдаардан!

bottom of page