Анонс мероприятий
2 Хомустаах нэьилиэгин Улуу Кыайыы 79 с. бырааьынньыга
Международному месячнику «Белая трость» в рамках сетевого проекта библиотек РС (Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» библиотекарь 2 Хомустахской с/б для учащихся 8 класса провела медиа-урок «Мир Един». Целью акции являтся напоминание обществу о внимании к проблемам людей с инвалидностью по зрению, понимание их нужд, солидарности с ними. Его девиз «Толерантность, равноправии, инеграция»В начале урока ребята познакомились со специальными библиотеками, которые имеют в своем фонде книги на доступных форматах для незрячего чловека, узнали о «говорящих» книгах и прослушали отрывок из «говорящей» книги «Горсть земляники». Познакомились с рельефно-точечным шрифтом Луи Брайля и прошли игру «Волшебное шеститочие» разделившись на 5 команды, где с помощью брайлевского алфавита прочитали «Зашифрованные» имена известных по всему миру незрячих людей. Завершая мероприятие ребята высказали свою точку зрния по отношению к людям с инвалидностью зрению, о милосердии, которое мы должны проявлять. Всем участникам медиа-урока были вручены сертификаты.
#МирЕдин2023
Биллиилээх общественнай деятель, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү Айар сэбиэтин чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһыгар аналлаах "Суруйааччы чааһа" диэн библиотечнай уруок 8, 9, 11 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытылынна.
Оҕолор суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан сиһилии биллилэр ону сэргэ кини айымньыларын билистилэр. Ол курдук Николай Лугинов чулуу айымньылара "Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан", "Нуоралдьыма чаранар", "Суор", "Сэргэ" «Таас Тумус» уо.д.а. бөдөҥ историческай событиелары үйэтитэр, ураты сахалыы колориттаах, философскай хабааннаах айымньыларын сэргии иһиттилэр. Уруок бүтүүтэ ыйытыкка эппиэттээтилэр уонна суруйааччыга анаммыт кинигэ быыстапканы көрдулэр.
Ийэ кунунэн э5эрдэ хоьоон 5 кылаас
А5алар куннэринэн 5 кылаас кыргыттарын э5эрдэ хоьоонноро
Библиотечный урок-экскурсия «Библиотека, книжка, я-вместе верные друзья» для школьников 2 класса. Ребята пришли на экскурсию с классным руководителем И.Ф.Юшковой. В ходе мероприятия ребята познакомились с основными правилами пользования библиотекой, узнали как нужно обращаться с книгами, для чего они нужны, как можно записаться в библиотеку, что такое «абонемент», «читальный зал» и чем они отличаются. Также детям рассказали о там, как правильно выбирать книги. О том, по какому принципу книги располагаются в библиотеке, что у каждой книги есть свое место на книжном стеллаже, где она должна храниться, чтобы любой человек, желающий прочитать данную книгу, мог самостоятельно её найти. Выбранную из огромного разнообразия книгу, можно взять только после записи в формуляр читателя. После прочтения книга должна быть возвращена в нужный срок в целости и сохранности.В конце урока ребята записались в библиотеку,брали книгу чтобы их читать и пообещали быть хорошими,аккуратными читателями и часто приходить в гости в царство книжных сокровищ.
Ко Дню государственности Республики Саха (Якутия) в библиотеке проведен библиотечный урок-викторина "Знаю и люблю родную Якутию".
Рассказала ребятам 8-11 классов об истории формирования государственности Якутии, о выдающихся деятелях-основателях. В конце урока определился победитель викторины.
Бала5ан ыйын 21 кунугэр В.М.Прокопьева аатынан Тумул орто оскуолатын 8-11 кылааьын 31уерэнээччитэ, 15 учуутала, техулэьитэ Тумул-Арыы Тиит-Буойун- 2 Хомустаах маршрутунан "Тереебут дойдубун арыйабын" диэн республиканскай бырайыак сунньунэн билисипиэтинэн айаннаан кэллилэр. Нэьилиэктэр историяларын билистилэр, "Буойун" учаастагар, Мэнэ тааска, Кыайыы скверигэр сырыттылар, музей директора Сивцева Н.И. сырдатта. Кылаастарынан шефтэьии, билсиьии, "По страницам историй наслегов, школ и родословий", "Государственные деятели, "Герои России" темаларынан тула кэпсэтиьии буолла. Нэьилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ Слепцова Е.В. киэн туттар биир дойдулаахтарын политическэй деятель, "ГОСУДАРСТВЕННОЬЫ ТУРУУЛАСПЫТ- НЬУРГУН ТИМОФЕЕВ" тереебутэ 60 сылыгар аналлаах быыстапкатын туруорда уонна оло5ун улэтин сырдатта.Оскуолалар хамаандаларын икки ардыгар"Военизированная эстафета" курэх, канат тардыьыыта, до5ордоьуу флэшмоба, учууталларга уопут атастаьыыта буолла.
Чурапчы көһүүтүн кыттыылаахтара IIХомустаахха олохсуйуулара
Сэрии ыар сылларыгар Чурапчы оройуона кураантан сутаАн олорор кэмигэр, күүс өттүнэн оҕону , кырдьаҕаһы аахсыбакка тэрээһинэ суох балык булдугар Кэбээйи , Булуҥ оройуоннарыгар көһөрбүттэрэ. Айаҥҥа элбэх киһи өлүүтэ- сүтүүтэ тахсыбыта. Бу тустаах эрэ дьон аймалҕаннара буолбатах. Бүтүн саха норуотун сүппэт-оспот бааһа.
1944 сыл муус устар ыйга Нам орйуонун II Хомустаах «Үүнэр олох» холкуоска Чурапчы оройуонун күүс өттүнэн көһөрүллэн барбыт дьоно көһөн кэлбиттэрэ. Сүрүннээн Төлөй нэһилиэгин «Олоххо киирии» уонна Одьулууун нэһилиэгин Төҥүргэстээх холкуостар дьонноро этилэр. Олохтоох Үүнэр дьонноро дьиэ-уот бэлэмнээн, идэһэ охторон, ыраах айантан илистибит дьону аһатан-сиэтэн көрсүбүттэрэ.
Бу дьон үгүс өттүлэрэ сэниэ ылынан баран, дойдуларын булбуттара. Хаалбыт дьоннор үгүстэрэ күтүөт, кийиит буолан оҕолонон-урууланан II Хомустааҕы иккис дойдуларынан ааҕынан убаастанар, ытыктанар бас-көс ыал буоллулар. Ол курдук ¸сэрии, үлэ ветерана-Захаров Семен Александрович «Сүөһү иитиитин маастара», чемпион бостуук аатын ылбыта. Кэргэнинээн Анна Павловналыын 9 оҕону иитэн, улаатыннаран атахтарыгар туруорбуттара.
Ксенофонтов Михаил Петрович-сылгы звенотугар биригэдьиир этэ. Республикаҕа сылгы иитиитигэр үрдүк көрдөрүүнү ситиһэ сылдьыбыта. Партия чилиэнэ. Оройуоҥҥа чемпион сылгыһыт аатын ылбыта. Үлэтигэр үрдүк көрдөрүүтүн иһин. Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыыны ылбыта.
Шестаков Николай –биригэдьиир тракторист. Өрүү холобурга сылдьар үлэһит этэ.
Захарова Матрена Александровна, Павлова Мария Егоровна, Протопопова Александра Афанасьевна, Захарова Мария Александровна ыанньыксыттаабыттара, үтүө суобастаах үлэһиттэр этэ. Элбэх оҕо ийэлэрэ, эбэлэрэ.
Григорьев Афанасий Федорович –Күөкэ-нэһилиэк улахан тутууларыгар болуотунньугунан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Барбыт дьоннор ортолоругар үтүө өйдөбүлү хаалларбыт, бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан дьонно умнуллубаттар бааллар.
Аммосов Николай Кузьмич-Тэллэй Үүнэргэ ампаардыы улахан типовой хотон, Хааска станция дьиэтин тутууларын салайбыта.
Аммосов Николай Михайлович-Мөкүрүүс сылгы , ат баайыыта диэн баран муннукка ытаабыт киһи.и этэ.
Захаров Афанасий-Чох от-мас үлэтин кыайа-хото тутар үлэһит киһи этэ.
Шестаков Василий уо.д.а. ааттарын -суолларын биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ өрүү өйдүү, ахта-саныы сылдьаллар уонна умнуохтара суоҕа.
Захаров
Семен Александрович
Захаров
Николай Александрович
Захарова
Анна Александровна
Захарова
Мария Александровна
Захарова
Матрена Александровна
Ксенофонтов Михаил Петрович
Мунхалов Иннокентий Егорович
Григорьев
Афанасий Федорович
Павлова Мария Иннокентьевна
Протопопова Александра Афанасьевна
Наумова Аграфена Гаврильевна
Эверстова Александра Гаврильевна
14 сентября проведена экскурсия в библиотеке из д/с "Хомус". Дети узнали что такое библиотека, кто там работает, где и как харанятся книги, как обращатся с книгами, и как посещать библиотеку с родителями.
Экскурсия в библиотеку стала для детей открытием волшебного и необычно интересного мира.
II Хомустаахха саҥа библиотека арылынна
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр 2-Хомустаах нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура уонна спорт киинэ « Сахам сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуллан, ситэн-хотон, дьоһун дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.
Икки этээстээх 800-тэн тахса кв.м. иэннээх эбийиэккэ элбэх тэрилтэ түмүллэн киирдэ: олохтоох дьаһалта, “Сэргэлээх” норуот айымньытын киинэ, нэһилиэкпит библиотеката, спорт, почта, олохтоох музей. Ону таьынан Аҕам саастаах дьоҥҥо, араас общественнай түмсүүлэргэ туспа хос ананна, өссө биир уратытынан ЗАГС хоһо бэлэмнэннэ, ол саахсаланыыга, эдэр ыаллар оҕолорун ааттарын-суолларын суруйтарыыларыгар умнуллубат кэрэ тугэннэрин үөрүүлээх быһыыга тэрийэн ыытарга ананан үлэлиэҕэ.
Саҥа обьекка киирии сиэрин- туомун айылҕаттан айдарыылаах алгысчыт Охлопков Петр Васильевич алгыһынан арыйда.
Тэрээһиҥҥэ Нам улууһун М.Т. баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, Саха Республикатын Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Еремеев Алексей Ильич, СР тыатын хаһаайыстыбатын миниистэрэ Атласов Александр Павлович,нэһилиэкпит баһылыга Новгородов Лев Николаевич, Нам улууһа МТ баайын-дуолун бас билии Комитетын управлениятын начальнига Белолюбскай Святослав Святославович, Улуустааҕы биир кэлим сакаасчыт сулууспатын дириэктэрэ Винокуров Григорий Григорьевич, Нам улууьа МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын начальнига Прокопьев Ядрихинскай Семенович, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора Софронова Майя Романовна, ССРС культуратын туйгуна Габышева Мария Николаевна уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттарга саҥа, сырдык сылаас дьиэ устун экскурсия оноһулунна. Нэьилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ Слепцова Е.В.
нэһилиэгин историятын сырдатар кинигэ быыстапкатын, "Удьуор утумнаах уһуйааччылар" уонна "Үлэ чиэс- Албан аат" диэн быыстапкаларын сырдатта. Библиотека уопсай иэнэ- 45 кв.м тахса.
Култуура уонна спорт киинин саҥа сырдык, сылаас, киэҥ уораҕайа нэһилиэкпит дьонун,оҕолорун, эдэр ыччатын билиигэ-көрүүгэ, кэрэҕэ, чөл олоххо тиэрдэр суола нэлэһийэ арылынна.
"Хатас Боотур - 2023" Кыайыылаахтарынан буоллулар
"Үрүҥ уолан"-оскуола иннинээҕи саастаах уолаттарга нэһилиэк баһылыгын Новгородов Л.Н. бирииһигэр күрэх
Акция . Стихи ко Дню России
Оҕо дьоллоох буолара улахан дьонтон тутулуктаах!
Неделя библиотек
"Библиотечная неделя!"
15-22 мая фотоконкурсе "Кинигэ аа5абыт" участвовало 9 детей. "Хомусчаан"
23 мая исполнилось 70 лет В.А.Штырову второму Президенту Республики Саха Якутия) видному российскому государстенному и политическому деятелю , Государственному советнику Республику Саха (Якутия). Связи с этой знаменательной датой провели для школьников 6-10 классов медиаурок "Вячеслав Штыров-выдающийся созидатель и реформатор". Медиаурок инициирован ДТК-центр чтения и Медиацентром Национальной библиотеки РС(Я). (22уч).
24.05. Ко Дню Славянской письменности для учащихся 6- класса совместно со школьным библиотекарем Ширяевой В.И. провели позновательный час «Путешествие в страну славянской Азбуки». Ребятам рассказали об истории праздника о славянских первоучителях Кирилле и Мефодии, создателях славянской азбуки. Ребята познакомились с буквами древнеславянского алфавита, научились различать глаголицу и кириллицу, расшифровывали старославянские слова
25 мая прошел библиотечный урок для ребят детского сада «Знакомство с профессией библиотекарь». Дети узнали что библиотекарь подбирает и выдает книги,проводит мероприятия для всех категорий, узнали что такое формуляр, разделитель и.тд.
26 мая 2 ХСОШ прошла пятая сетевая акция #Силакниги, посвященная Года и наставника в России. В этом году в качестве чтеца выступила член обьединение "Отуу уота", Пестрякова Лидия Егоровна, Рассказала о детях героях. Зав.музея, Сивцева Надежда Ивановна.
Интегрированный библиотечный урок «Учитель и мир его увлечений»
Надежда Ивановна провела увлекательное путешествие в свой мир увлечений. С детства она занималась рукоделием и постоянно собирала книги по рукоделию и шитью, так у нее зародилось хобби, сейчас у нее собралось внушительное количество книг. В первой части урока Надежда Ивановна увлеченно рассказала о своих книгах, о своем своем любимом занятии по рукоделию и шитью. Во-второй части урока провела практическое занятие по вырезанию бабочки из бумаги..
27 мая Акция #"Живаясказка". Сказка "Заюшкина избушка.
Ыам ыйын 22 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут, Ньукуолун күнүн чэрчитинэн, нэһилиэк эр дьоно "Байанай бэлэҕэ" -диэн аҕам саастаах дьоннорбутугар уонна дьахтар аймахха , хоргуннаах кус миинин айах тутан күндүлээтилэр. Бары сиэр туом тутуьуллан, арыылаах алаадьынан аал уоту алҕаан, көрдөьөн, махтанан, айах тутан алгыс баһын сыалаатылар. Бу күн сайыны уруйдаан сахалыы ырыалар ылланнылар, араас күрэхтэр ыытылыннылар.Аҕам саастаах дьоммут үөрэн - көтөн, махтал тылларын, баҕа санааларын этэн, сынньанан дуоһуйан тарҕастылар.
Бүгүн, ыам ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык 2019 сылаахтан бэлиэтэнэр. Сайылык күнэ 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан төрүттэммитэ.
Пионерия күнүнэн "Доҕордоһуу ырыата"
2 Хомустаах музейын историята.
3 кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччы Рожина Яна Петровна
1 кылаас үөрэнээччилэрэ. Салайааччы Юшкова Ирина Федотовна
2 кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччы Старкова Ульяна Андреевна
Улуу кыайыы күнүн көрсө "Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ - Албан аат!-диэн өйтөн хоһоон ааҕыытыгар 2 Хомустаах орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ыытыллыбыт күрэххэ, кыайыылааҕынан таҕыстылар:
I-кы миэстэ 3 кылаас 86рэнээччилэрэ, сал.Яна Рожина.
II-с миэстэ 1 кылаас үөрэнээччилэрэ, сал. Ирина Юшкова,
III-с миэстэ 2 кылаас сал. Ульяна Старкова.
Кыттыбыт бар дьоммор улахан махталбын тиэрдэбин!
2 Хомустахская библиотека принимала участие в акции "Герой моей страны"
2-ХСОШ им.Е.П.Сивцева. ученик 5-го класса Слепцов Аким
#ДвижениеПервых #КлассикаПобеды #Героймоейстраны #Намскаямцбс#2хомустах
Бэҕэһээ СӨ Правительствотын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников халааҥҥа бэлэмнэнии хаамыытын билсэн барбыт.
Бэбиэскэҕэ биир сүрүн боппуруоһунан 2-с Хомустаах нэһилиэгин көһөрүү турбут
Анонс мероприятий
Международному месячнику «Белая трость» в рамках сетевого проекта библиотек РС (Я) «ЧИТАЕМ ВСЕ» библиотекарь 2 Хомустахской с/б для учащихся 8 класса провела медиа-урок «Мир Един». Целью акции являтся напоминание обществу о внимании к проблемам людей с инвалидностью по зрению, понимание их нужд, солидарности с ними. Его девиз «Толерантность, равноправии, инеграция»В начале урока ребята познакомились со специальными библиотеками, которые имеют в своем фонде книги на доступных форматах для незрячего чловека, узнали о «говорящих» книгах и прослушали отрывок из «говорящей» книги «Горсть земляники». Познакомились с рельефно-точечным шрифтом Луи Брайля и прошли игру «Волшебное шеститочие» разделившись на 5 команды, где с помощью брайлевского алфавита прочитали «Зашифрованные» имена известных по всему миру незрячих людей. Завершая мероприятие ребята высказали свою точку зрния по отношению к людям с инвалидностью зрению, о милосердии, которое мы должны проявлять. Всем участникам медиа-урока были вручены сертификаты.
#МирЕдин2023
Биллиилээх общественнай деятель, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү Айар сэбиэтин чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһыгар аналлаах "Суруйааччы чааһа" диэн библиотечнай уруок 8, 9, 11 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытылынна.
Оҕолор суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан сиһилии биллилэр ону сэргэ кини айымньыларын билистилэр. Ол курдук Николай Лугинов чулуу айымньылара "Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан", "Нуоралдьыма чаранар", "Суор", "Сэргэ" «Таас Тумус» уо.д.а. бөдөҥ историческай событиелары үйэтитэр, ураты сахалыы колориттаах, философскай хабааннаах айымньыларын сэргии иһиттилэр. Уруок бүтүүтэ ыйытыкка эппиэттээтилэр уонна суруйааччыга анаммыт кинигэ быыстапканы көрдулэр.