top of page

 Слепцов Гаврил Гаврильевич-Дьиэрэҥкэй, Саха мелодистарын холбоһугун чилиэнэ, самодеятельнай композитор, хомусчут, художник, уус, үрдүк категориялаах иитээччи, үөрэтээччи, уһуйааччы, Россия культуратын туйгуна.


 

Слепцов Гаврил Гаврильевич-Дьиэрэҥкэй кулун тутар 12 күнүгэр 1948 сыллаахха Муома оройуонун Суон Тиитигэр Слепцов Гаврил Васильевич (булчут оҕонньор), Марфа Андреевна диэн элбэх оҕолоох, үөрэҕэ суох колхоозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Биһик ырыата, оҕо сааһа төрөөбүт- үөскээбит Муоматыгар, дохсун сүүрүктээх Индигир биэрэгэр ааспыта. Оҕо эрдэҕиттэн ырыаһыт, музыкант куттааҕа. Муома орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Оскуола кэнниттэн 1965 сыллаахха Якутскайдааҕы художественнай училищены ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

197-1973 сылларга Ленинград куоракка Репин аатынан художественнай институтка үөрэммитэ. 1974 с. «Хомустааҕы таптаан» диэн бастакы ырыатын айбыта. Ити кэмтэн айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта. 1978 сылтан мелодист быһыытынан киэҥник биллэн барбыта. 1982 сыллаахха «Дьиэрэҥкэй» диэн  ырыа пластинкаҕа уһуллубута. 1990 с.«Алааһым арылы кустуга» ырыа хомуурунньугар .«Төгүрүк алааскын эн таптаа!», «Току-току ньээм-ньээм», «Дьиэрэнкэй», «Мичээрдэр» ырыалара киирбиттэрэ. Маны таһынан Саха радиотын музыкальнай фондатыгар киирэн сытар. 1984 сыллаахха ЯГУ историческай факультетын бүтэрбитэ. Муома, Нам, -Хомустааҕар, Салбаҥҥа, Арбыҥҥа черчение, уруһуй, үлэ, музыка, история учууталынан, Нам музыкальнай оскуолатыгар, художественнай кылааһын 2 Хомустаахха аһан, преподавателинэн үлэлээбитэ.  Хомустаахха ситиһиилээхтик үлэлээн Россия культуратын туйгуна үрдүк ааты ылбыта.

1986 сыллаахха «Мирнэй эйэни туойар» региональнай фестиваль лауреата. 1998 сыллаахха Нам улууһун быянистарын конкурсун музыкальнай үөрэҕэ суох баянистарын кыайыылааҕа, «Дьиэрэҥкэй» оҕо ансамблын, Муома уолаттара вокальнай квартет салайааччыта.

1993 сылтан «Хомус» оҕо түөлбэтин музыкальнай салайааччытынан үлэлээбитэ. Оҕо музыкальнай дууһата аһыллыытыгар элбэх үлэни ыыппыта. Хомус көмөтүнэн эгэлгэ көтөр-сүүрэр саҥаларынан араара истэн, хомуһу сатаан тутан охсо үөрэнэргэ уһуйбута. Саха оҕотун музыкаҕа үөрэтии республиканскай программатын оҥоруу кыттыылааҕа. 1997 с. «Саха оҕотун ырыа кэрэ эйгэтигэр иитии-үөрэтии, уһуйуу»диэн айар үлэтин үрдүк категориялаах иитээччи, үөрэтээччи, уһуйааччы аатын ылбыта.

Слепцов Г.Г. оҕону, улахан дьону хомуска үөрэтэр туспа методиканы айбыта, хомуһунан эмтээһин (хомусотерапия) тарҕаппыта.

1999 сыллаахха Аан дойду хомуһун Киинин командировкатынан Долгано-Ненецкай национальнай уокурукка Таймыырга, Норильскай куоракка долганнары, ненецтэри, энцылары, нууччалары, Хэйро«», «Таймыыр» ансамбыллары хомуска уһуйан-үөрэтэн, Саха хомуһун пропогандалаан кэлбитэ. 2000с «Төрөөбүт алааскын эн таптаа!» ырыаларын хомуурунньуга «Бичик» издательство Москваҕа бэчээттэтэн Саха ырыатын таптааччыларга күндү бэлэх оҥорбута.

Слепцов Гаврил Гаврильевич-Дьиэрэҥкэй талааннаах самодеятельнай композитор, хомусчут-импровизатор, худуоһунньук, уус, ырыаһыт, музыкант, Саха мелодистарын холбоһугун чилиэнэ, үрдүк категориялаах иитээччи, үөрэтээччи, уһуйааччы, Россия культуратын туйгуна. Кэргэнэ Лидия Николаевна Слепцова, биэс оҕолоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр.

bottom of page