top of page

 Саҥа дьылга аналлаах хоьооннор, ырыалар.

                Ким киэргэттэ?

Түннүкпүтүн түүн кэлэн

Түүлүнэн ким киэргэттэ,

Таһырдьаны көрүөхпүтүн

Күлүктэтэн кэбистэй?

Ити Моруос кырдьаҕаспыт             

Куруһуба бэрдин баайбыт,

Онтукатын биһи дьиэбит

Түннүгэр ыйаан кэбиспит.

Үчүгэйиэн, дьиҥнээх талан,

Оһуор-дьарҕаа түһэрбит,

Уустук-ураннык ойуулаан

Оҥорор да буолар эбит!              Григорий Данилов.

            Хаарчаана.

Саҥа дьылы таптыыбын,

Саҥа дьылга үөрэбин.

Эйиэхэҕэ,оҕолорго,

Ыалдьыт буолан кэлэрбин.

Миигин кытта тэбис-тэҥҥэ,

Кыыллар тыаны киэргэттилэр.

Харыйаны төгүрүччү

Хоробуоттаан көттүлэр.

Саҥа дьылга бука бары

Ырыа-үҥкүү үөрэтэбит.

Тымныы эһээ кэһиилэрин

Олус-олус кэтэһэбит.

          Саҥа дьыл аптаах кэм

Саҥа дьыл аптаах кэм,

Баҕа сана туолуута,

Саҥа дьыл-көрдөөх кэм,

Бары үөрэ көрсөбүт.

Саҥа дьылга мин дьоммор

Кистээн бэлэх бэлэмниэм,

Харыйаҕа ыйанар

Оонньуурдары оҥоруом.

Хаар киһини кырыйан

Түннүктэргэ сыһыарыам.

Хаар кыырпаҕын быһаммын

Хосторбутун киэргэтиэм.

Саҥа дьылы кэтэһэбин,

Хас күн хаалтына аҕабын,

Тымныы оҕонньор кэлэрин

Олус күүскэ күүтэбин.                  Людмила Лаптева

               Хаарчаана

Көмүс солко таҥастаах,

Истиҥ эйэҕэс мичээрдээх

Тымныы эһээ сиэнчээнэ-

Нарын намчы Хаарчаана.

Ыраас сырдык хаарынан

Ыһыахтана оонньуур,

Үөрэ-көтө кэлиэҕэ

Саҥа дьылга биһиэхэ.

Кэрэ, намыын куолаһынан

Эҕэрдэтин этиэҕэ,

Үүнэр сылга оҕолорго

Үчүгэйи түстүөҕэ.                  Мария Соломонова.

                   Харыйа

Тыллар аптаах дьикти масс

Тымныы саамай үгэнигэр,

Лабааларын охсын араас

Таастан астар үүнэллэр:

Көмүс хахтаах туораахтар,

Хапта5астар, моркуоптар,

Дьаабылыка бииһин ууһа,

Кылбачыгас муус дьаҥха.

Мэник уоттар мутукча

Иннэтинэн сырсаллар,

Кэрэ-мааны харыйа

Сулустарын саҕаллар,

Умай, сырдаа, сулуспут,

Саҥа дьылга суол ыйа!

Дьолу сирдиир суолдьуппут

Саргылардаах харыйа!          Ольга Корякина-Умсуура.

      Эһээ Дьыллыын сиэттиһэ.

Ойуур тыабыт мааны-

Харыйачаан, дьэ кэллэ,

Саҥа дьылга үөрүүгэ

Оҕолору ыҥырда.

Дьикти кэрэ харыйа

Оонньуурдара элбэҕиин!

Дьирибинэс уоттара

Оһуорданан кэрэтиин!

 

Саҥа дьылбыт кэлиитэ,

Эһэкээммит кэһиитэ,

Оҕо – аймах үөрүүтэ,

Атас-доҕор түмсүүтэ.

Эһээ Дьыллыын сиэттиһэ

Үҥкүүлүүбүт, ыллыыбыт,

Ытыспытын таһына

Үөрэ-көтө дайабыт.               Татьяна Куличкина-Дедюкина.

         Тымныы оҕонньор.

Тымныы эһээ оҕонньор,

Хантан тиийэн кэллиҥ эн?

Ханнык ыраах суолунан

Аан дойдуну эргийэн?

Үрүҥ хаары көбүтэн,

Сыарҕаҕынан сырылатан,

Табаларгын көлүнэнэ,

Кэһиилэргин хомунан.

Тиийэн кэллиҥ биһиэхэ

Түннүкпүтүн кырыалаан,

Дьыссааппытын киэргэтэн,

Көрүнары тэрийэн.

Саҥа дьылы аһаҥҥын

Сиэҥҥин сиэтэн киирэҕин,

Оҕолору үөрдэҥҥин

Бэлэхтэргин биэрэҕин.

           Саҥа дьыл

Тымныы Моруос оҕонньор

Торуоска тайах тутуурдаах

Табаларын көлүйэн

Тиийэн кэллэ биһиэхэ.

Тымныы Моруос оҕонньор

Үчүгэйдик үөрэммит,

 Үөрэҕэр кыһаллыбыт

Оҕолорго кэһиилээх.

Саҥа сылы көрсөөрү

Харыйа тула мустабыт.

Саҥа сылы уруйдуу

Хоробуоттаан тэйэбит.      Дарина Капитонова

           Саҥа Дьыл

Иһэр эбээт, доҕоттоор,

Саҥа дьылбыт барахсан,

Үлүскэннээх үөрүүлээх,

Үгүс элбэх кэһиилээх.

Оҕо аймах көрүлүүр,

Ойон-тэбэн биэрээхтиир,

Үҥкүү-битии тардаахтыыр,

Саҥа дьылы көрсөөхтүүр.

 

Саҥа дьылга түмсүөҕүҥ,

Аймаҕынан мустуоҕуҥ,

Алгыс тылын ылыаҕыҥ,

Арчыланан сырдыаҕыҥ.

 

Элбэх уоттаах харыйа

Сандаарыйа тыгыахтын,

Оҕо сааһы санаттын.

Үөрүүтүттэн бэристин.

 

Саҥа дьыл,кэрэҕин!

Күүтэбит эйигин!

Саҥа дьыл үөрдээриий,

Эн кэлэ охсоорууй!         Евдокия Попова-Айыына

       Саҥа дьылга үөрэниэм

Мин быйыл үөрэнэ барыаҕым,

Дьыссааппын куруутун ахтыаҕым,

Симэммит харыйа бу манна

Сандааран турарын саныаҕым.

Кыракый бырааттар, балыстар,

Манна мустубут ыалдьыттаар,

Быйылгы Саҥа дьыл кэлбитэ-

Миэхэҕэ улаатыы бэлиэтэ.

Алыптаах Саҥа Дьыл күнүгэр,

Олус да элбэхтэр бэлэхтэр.

Дьон бары бүгүн дьолломмут,

 Саҥа дьыл, саҥа сыл тосхойбут!        Мусьяна Сосина

      Саҥа дьыл хоһооно.

Мин саҥа дьыл буолабын,

Саҥа сылы аһабын,

Тымныы эһээ оҕонньору

Сынньалаҥҥа атаарабын.

Үгүс элбэх эрэллээх

Саҥа сылга үктэнэбин.

Үгүс үтүө санаалаах

Саҥа дьылы аһабын.

 "Хаарчаана" (В.Андросов т., м.) Варя Максима

1. Көмүрүө дьэргэлгэн ойуутун
Үөлэспэр үмүөрэн эрдэҕэ.
Түүн үөһүн тымныытын таhааран
Дьиэрэҥкэй үҥкүүлээн эрдэҕэ.

Х/ы: Кый ыраах кырсалаах кыраайтан
Кыраһа кылыйар кыымнара
Күлүмнэс күөнүнэн киэҥ туттан
Хаарчаана барахсан хаамтаҕа.

2. Чап-чараас чачыгыр күлүүтэ
Чараҥҥа чагдааран эрдэҕэ.
Хап-хара арылхай хараҕа
Эдэр саас уотунан күллэҕэ.

Игорь Егоров уо. Күннэй - Сана Дьыл

 

 Сана дьыл үүнүөхтээх түүнүгэр,

  Эн биһи иккиэбит иккиэбит

  Хас сулус үөрүүлээх тырымар

  Сана дьол мөссүөнүн таайабыт.

  Өрүү күөх харыйа түүнүгэр

  Үйэлээх тапталга бэриниэх.

 

х/ы:

       Сана дьыл,сана дьыл

       ып ыраас хаарыгар

       Кэккэлии суоллары хаалларыах,

       Өрүү күөх харыйа түүнүгэр

       Үйэлээх тапталга бэриниэх.

 

Сүрэхтэн алыптаах дорҕооннор

Сүһүөххэ охсулла тардыллар,

Үйэ саас уостубат үөрүүлэр

Үрдүктэн-үрдүккэ тиэрдэллэр.

Өрүү күөх харыйа түүнүгэр

Үйэлээх тапталга бэриниэх.

 

Бу сиргэ тапталтан дьоллонор

Дууһаттан дууһаҕа тардыһа

Бу курдук истиҥник санаһар

Эн биһи эрэ баар курдукпут.

Өрүү күөх харыйа түүнүгэр

Үйэлээх тапталга бэриниэх.

Лаглайбыт күөх харыйачаан.

Раиса кудашева тыллара.  Леонид Бкман муусуката.

Лаглайбыт күөх харыйачаан

Ойуур тыаҕа үүммүт...

Кыһын буоллун, сайын буоллун,

Кини чээл күөх турбут...

Буурҕа тыалым ырыа ыллыыр:

"Утуй, утуй, оҕом",

Тибии хаарым үрдүн сабар:

"Сэрэн, сэрэн, тоҥуоҥ!"

Тибии хаарым үрдүн сабар:

"Сэрэн, сэрэн, тоҥуоҥ!"

 

Куттас куобах, маҥан куобах

Ойон чөрөҥөлүүр,

Арыт туран, торҕон бөрө

Сүүрэн өкчөҥөлүүр.

Ойуур тыаны ортотунан

Сыарҕа сырылаата,

Хойуу түүлээх аллаах атым

Сиэлэн дьоруолаата.

Хойуу түүлээх аллаах атым

Сиэлэн дьоруолаата.

 

Атым сыыдам сыарҕатыгар

Оҕонньор олорбут,

Харыйачаан барахсаны

Кэлэн, кэрдэн ылбыт.

Харыйачаан барахсаны

Кэлэн, кэрдэн ылбыт.

 

Харыйачаан манна киирэн,

Киэргэл симэх кэппит...

Оҕолорго, оҕолорго

Үрдүк үөрүү кэлбит..

 Н. Туобулаахап тыллара, Г. Новгородов мелодията
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Чэй-чэй эрэ дьиэрэҥкэй —
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээҥ,
Үүнэр дьылга эһиэкэй-
Этэн-тыынан дьиэрэтиҥ.
Тоҕо баҕас күндүтэй,
Елка маспыт киэргэнэн!
Торҕо көмүс сиэдэрэй -
Лаампа уота имнэнэн!
Сирэм күөххэ сылдьааччы —
Үөскүүр ыччат биһиги,
Сиргэ оһуор буолааччы -
Үүнэр сүһүөх биһиги.
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.

КЫРАКЫЙ ХАРЫЙА ТАҺЫРДЬА ТОҤМУТ

(«Маленькой ёлочке холодно зимой» ырыа тылбааһа)

Зинаида Александрова тыллара

Михаил Красев муусуката

Раиса Винокурова тылбааһа

 

Кыракый харыйа

Таһырдьа тоҥмут.

Сиэтэммит кинини

Дьиэҕэ киллэриэх.

Кэрэчээн харыйа

Күлүмнүү турар.

Төгүрүк оонньуурдаах

Көмүс туораахтаах.

Оҕуруо киэргэллээх

Дьиримниир уоттаах.

Минньигэс, минньигэс

Элбэх бэлэхтээх.

Саҥа дьыл киэһэтин

Харыйа күүппүт

Көрүдьүөс, көрүдьүөс

Оонньуттан үөрбүт.

ЁЛКАҔА

Г. Данилов

 

Намылыйар лабааҕар

Киэргэл бэрдин эринэн,

Килбэчийэр киистэҕэр

Көмүс дуйу бүрүнэн,

Кыраһыабай бэйэкэҥ

Кынтайаахтыы лаглайан,

Күндү алмаас өҥүнэн

Күлүмүрдүү тураҕын.

Эн тулаҕар оҕолор

Хоробуоттаан эргийэ,

Онтон эмиэ сороҕор

Үҥкүлээн да битийэ,

Оһуокайдаан көтүһэн,

Ойон-тэбэн ылабын.

Үүнэр сылы көрсүһэн,

Үөрэ-көтө сылдьабыт

ЁЛКА

Күннүк Уурастыырап

 

Саргылаах саҥа дьыл

Салаллан кэлиитигэр,

Кэрэчээн ёлканы

Киэргэтэн кээстибит.

Манна баар араас суол:

Күн, чаһы, календарь,

Паровоз, трактор,

Парашют, самолёт.

Манна баар саһылчаан,

Куттамсах куобахчаан,

Саадьаҕай тоҥсоҕой,

Сиэдэрэй күөрэгэй.

Ёлкабыт анныгар

Турар ээ, до5оттоор,

Дьиктилээх бэйэлээх

Дед Мороз о5онньор.

 "Саҥа дьыл" (А. Файрушина т., м.) Розалина Файрушина
1. Саҥа дьыл үүнэр күндү киэhэтигэр
Санаан кэллим мин оҕо саас кэмнэрбин
Харыйа күлүмнэс уотун кэтэhэн
Утуйбакка сытарым өр күүтэрим
Х/ы.  Ол кэрэ да кэтэhиилээх киэhэҕэ
Баҕа санаабыт барыта туолуоҕа
Хотугу дойдуттан тымныы кырдьаҕас
Кэhиилээх кэлиэ диэ өрүү күүтэрим
2. Ол баҕа санаабын илдьэ улаатан
Доҕотторбор өрүү тиэрдэ сатыыбын
Саҥа дьыл үүнэр күндү киэhэтигэр
Аптаах түгэн бэйэтинэн кэлиэ диэн
Х/ы Ол кэрэ да кэтэhиилээх киэhэҕэ
Баҕа санаабыт барыта туолуоҕа
Ыйдаҥа түүн бу дьоро киэhэҕэ
Дьоллоох буолуҥ бар дьонум, доҕотторум

bottom of page